Жанры
Регистрация
Читать онлайн Эргэ ?т?х хоно?ото бесплатно

Эргэ ?т?х хоно?ото



АБААҺЫ БААР ДУО?

– Абааһы баар дуо?

– Суох. Ханна баар, ким көрбүт абааһытын ыйытаҕын?

– Улахан дьон кэпсииллэр дии. Сымыйанан эппэттэр ини? Хата, кэпсиириҥ буолаарай? – оҕолортон саамай чобуолара ыйыта охсор.

– Суох! Суох! – Оҕолор барыны-барытын билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарар сокуоннай ыйытыыларыгар итинтэн атын хоруйу биэрэр кыаҕа суохпуттан бэркэ диэн ыарырҕата саныырым.

Кырдьыкпын эттэхпинэ, абааһы баарын-суоҕун туһунан бэйэм даҕаны үчүгэйдик билбэт, улаханнык мунаарар суолум. Ол да иһин буолуо, онуоха эбии, оччолорго абааһы туһунан сэһэргиир соччо биһирэбилэ суоҕа, ол иһин абааһы суоҕун туһунан итэҕэтэ, быһаара сатаан кэпсиирим.

– Абааһы диэн суох. Көннөрү салгын хаартыската…

– Салгын хайдах устарый? Оччоҕо абааһы тоҕо наар киһи курдук буоларый? Тоҕо ыт, ынах, ат курдук буолбатый? Эбэтэр кинилэри салгын устубат дуу? Итиннэ туох кистэлэҥ баарый?

…Салгын бэйэтигэр устан хаалларарын туһунан мин тус бэйэм ханна да түбэһэн аахпатаҕым. Учууталларым оҕо эрдэхпиттэн абааһы туһунан бэйэм ыйытыыларбар эппиэттээн, абааһы суоҕун туһунан эмиэ «дакаастаан» кэпсээбиттэринэн эрэ сылдьар киһибин. Ол эрээри оҕо эрдэхпиттэн, абааһы туһунан олус элбэх, эҥин-эгэлгэ кэпсээннэри истэн улааппытым. Кэлин улаатан баран ити сэһэннэри норуот тылынан айымньытын биир туспа быһыытынан өйдүүр буолбутум. Норуокка булугас өйдөөхтөр, күүстээхтэр, үчүгэй дьахталлар, эр бэртэр тустарынан бэртээхэй сэһэннэри тэҥэ абааһылар, ойуун, удаҕан абааһыларын тустарынан былыр-былыргыттан билиҥҥэ диэри кэпсииллэр.

Тус бэйэм түүҥҥү чуумпуга кэнсэлээрийэҕэ, оскуолаҕа, кулуупка суот туораҕын тыаһа сырдырҕаан иһиллэриттэн ордук тугу даҕаны көрө да, истэ да иликпин. Арай 1955 сыллааҕы сайын биир дьикти түбэлтэҕэ түбэспитим, ол эрээри ону абааһыга сыһыарыахпын баҕарбаппын.

Ол сайын пединституту бүтэрэн, үрдүк үөрэхтээх учуутал буолан, үөрэн-көтөн сылдьар кэмим этэ. Биир киэһэ улахан сайылыкка табаарыс оҕолорбун кытары көрсүһэн ону-маны сэһэргэһэн баран, дьиэбэр, Тыахан өтөҕөр, баран испитим. Сайылык ортотугар ыһыахтыыр сир баара, ол таһыгар тиийиибэр, арай, сайылык илин өттүгэр ыраас халдьаайы сыырын анныгар оҕолор оонньуур саҥалара аймалаһан иһиллэрэ.

Тохтоон, иһиллээн турбутум. Өтөрүнэн үүммэтэх үтүө киэһэ буолбут этэ. Күн саҥардыы киирэн, тиһэх сардаҥалара быардыҥы кытархай былыттарга тэтэркэйдиҥи өҥүнэн оонньуура. Эргиччи чуумпу баҕайы, уу нуурал сабардаан турара. Салгын хамсаабат, тыала-кууһа суох, ичигэс. Оонньуу сылдьар oҕолору саҥаларын хоту көрдүү көрөбүн да, тугу даҕаны көрбөппүн, саҥаларын эрэ истэбин. Тоҕо эрэ куттаммаппын, дьэ эбии холкубар түһэн, оҕолор туох туһунан саҥарсалларын ырыҥалыы сатыыбын. Онтукам баара, ис хоһооно иһиллибэт, наар аймалаһар, ардыгар оһуохай тойугун дуорааныгар маарынныырга дылы.

Суолбуттан туораабакка, саҥа хоту баран иһэбин, ол аайы оҕолорум саҥалара миигиттэн тэйэн, ыраатан биэрэн иһэллэр. Маҥнай халдьаайы сыыр анныгар хаптаһын хонууга саҥарсаллара, сотору сыыр быллаардарынан сырса оонньуур курдуктара. Кэнникинэн миигиттэн тэйдэр тэйэн сыыр үрдүнээҕи сатыы ойуур титириктэрин быыстарынан сырсыбыттара, тиһэҕэр, ойууру үрдүнэн эҥсиллэн иһэн, устунан иҥэн-сүтэн, өһөн хаалбыттара.

Дьиэбэр тиийэн ити дьикти түбэлтэ туһунан кэпсээбиппэр, Анастасия Тихоновна эмээхсин (Дарылас oйоҕо): «Тукаам, от-мас иччилэрэ oҕoлор оонньуулларын истибиккин. Этэҥҥэ, үчүгэйдик сылдьаары гыннаҕыҥ. Былыргы кырдьаҕастар инньэ диир буолаллара», – диэн мин инникибин төлкөлөөн кэбистэ.

Ол кэмтэн ыла «айылҕаҕа киһи үөйбэтэх-ахтыбатах эҥин элбэх дьиктилэрэ бааллар. Абааһы даҕаны айылҕа биир дьикти көстүүтэ буоллаҕа» диэн биир иринньэх санааны иитиэхтээн илдьэ сылдьыбытым. Норуот тылынан уус-уран айымньыта халлаантан түһэн мээнэ айыллыбат, ханнык эмэ эйгэҕэ олоҕуран, норуот бэйэтин олоҕуттан айыллар.

Абааһы туһунан сэһэннэр араастаахтар. Ордук элбэхтик дьиэ эргиннээҕи эргэ өтөхтөр, киһи уҥуохтарын таһынааҕы абааһылар тустарынан кэпсэнэллэрин тэҥэ, ойуун, удаҕан абааһыларын (хомуһуннарын) тустарынан сэһэннэр үгүстэр. Кинилэри дьон үксэ көрсөллөр. Ону тэҥэ соччо сиэмэҕэ суох, бытархай абааһыларынан сүллүүкүн, чөчүөккэ, торбос абааһыта эмиэ элбэхтик көрсүллэллэр. Тиһэҕэр, олус сиэмэх, кутталлаах абааһыларынан дэриэтинньиктэр, хайа иччилэрэ, араас айыылар (Болугур айыыта, Алтай хотуна, Бахсы тойоно), араас үөрдэр, о.д.а. буолаллар. Ити абааһылар барылара тус-туһунан сырыылаах, олохтоох-дьаһахтаах, быһыылаах-таһаалаах буолаллар. Холобур, чөчүөккэ ыалы кытта дьукаах олорор. Кини мээнэ oҕoну кытта оонньообот, хойут улааттаҕына дьоллоох киһи буолуохтаах oҕoнy кытта оонньуур. Оттон сүллүүкүн ууга олорор. Дьыл уларыйар кэмнэригэр күһүн, саас кыратык тахса түһэр. Саамай маассабайдык, оҕолуун-уруулуун бары көтөҕүллэн, тымныы муҥутаан турдаҕына сир үрдүгэр тахсар. Олохторугар табыллыбатах, хомолтолоохтук өлбүт, итиэннэ уҥуохтара киһилии хараллыбатах дьон (үксүгэр дьахталлар) дэриэтинньик буолаллар. Итилэр барыларын тустарынан ким эмэ анаан, идэтийэн туран үөрэтэрэ буолуо дии саныыбын.

Бүгүн мин үөрэппит оҕолорум, бэркэ эрэнэн, «кэпсээтэҕинэ кини кэпсиэ, хайаан даҕаны билэрэ буолуо» диэн көрдөһүүлэрин толорботохпун бырастыы гыныахтара дии саныыбын. Кинилэр oҕo эрдэхтэринэ истибэтэх кэпсээннэрин, бэйэлэрэ эрэ буолбакка оҕолорун, сиэннэрин кытта бииргэ ааҕыахтара дии санаан суруйарга сананным. Ону тэҥэ бигэргэтэн этэбин, абааһы туһунан кэпсээннэри норуот айымньытын курдук өйдүүбүн, балары бэйэм көрбөтөҕүм, дьонтон истибитим.

ТӨБӨТӨ СУОХ КИҺИ

Мин оҕо эрдэхпинэ, үксүгэр, дьиэ эргиннээҕи өтөх абааһыларын тустарынан кэпсэтэллэрин истэрим. Кинилэр син киһиэхэ майгынныыр буолан баран, дьүһүннэринэн киһиттэн туох эрэ итэҕэстээх, олус ынырык, киһи уун-утары көрүөн дьулайар «дьонноро». Ону ааһан олус ыарахан, киһи сүрэҕин баттыыр, никсик сыттаах буолаллар.

Сыаппа өтөҕөр олордохпутуна, биир киэһэ абааһы туһунан кэпсэтии буолбута. Элбэх эҥин араас абааһылар ахтыллыбыттара. Олортон саҥаһым, Бакат Мэхээс кэргэнэ Балбаара кэпсээнин истибиппин, билиҥҥэ диэри кытаанахтык өйдөөн хаалбыппын.

– Мин Чурапчы Хадаарыттан манна Сыллыый Мэхээскэ (оччоҕо мин кэргэним бу билиҥҥитин курдук бакыйбатах киһи этэ) кэргэн тахсан, сүктэн кэллэҕим утаа, – Балбаара имик-самык умайа турар көмүлүөк оһох хардаҕастарын үөттүрэҕинэн эргитэ анньан биэрбитигэр, балаҕан иһэ сырдыы түспүтэ, – бастакы уолбун Ыстапааны оҕоломмутум кэннэ этэ. Тыахан оҕонньордооххо Чылбыан Өлөксөй эмээхсининээн бурдук бысыһан баран, дьиэбитигэр төннөн испиппит. Күнү быһа сиспитин да көннөрбөккө сылдьан, үүнүүлээх баҕайы дьаарысса бурдугу сиэрпэнэн быспыппыт. Улаханнык сылайа быһыытыйбыт этибит. Балаҕан ыйынааҕы күн киирэн эрэрэ. Арай Тыахан оҕонньор өтөҕүн саҕатыгар киирэн истэхпитинэ, туох эрэ куһаҕан, ыарахан дьаардаах сыт кэллэ.

– Ити туох куһаҕан сытай? – диэн мин ыйытабын.

– Ким билэр. Оҕонньордоох өтөхтөрүгэр бөхтөрүн уматтылар ини. Сотору көһөн кэлээри гыннахтара.

– Өтөххө бөх умаппыт быһыыта суох, тоҕо эрэ буруо көстүбэт, – диэн мин бөх сытыттан атын сыт буоларын сэрэйэн, этэбин.

– Билбэтим, – эмээхсин саҥата суох, төбөтүн умса соҕус туттан баран иннин диэки хааман иһэн. – Тукаам, миигин кытта халдьаайынан киһи уҥуохтаах тумулга диэри барыс, аргыстаһыах, – диэн сибигинэйэр.

– Суох, дьиэбэр оҕом күүттэҕэ дии. Быһа барыам, – мин Түгэх иһинэн барар суолунан, эмээхсиммиттэн арахсан туоруубун. Оччоҕо Тыахан өтөҕүн арҕаа өттүн мастара кэрдиллэ иликтэрэ, алаас көстүбэт чараас тыалааҕа. Мин ол тыаны ортотунан ааһан, алаас сыырын үрдүгэр киирбитим. Арай төбөбүн өндөс гынан көрбүтүм… саһаантан ордук холобурдаах үрдүк, кэтит дарайбыт сарыннаах, хоруоп курдук холбойбут көҕүстээх төбөтө суох абааһы сыыры тахсан, миэхэ уун-утары субу чугаспар тахсан иһэр эбит!.. Көрбүтүм соһуччута бэрт буолан, бастаан хорус гына түстүм быһыылааҕа. Тохтуу биэрдим, иннибэр олус ынырык, дьулаан «киһи» иһэрэ: атырдьах курдук атаҕын аччаччы тэбиммит, илиитэ санныгар ыйанан иһэр. Таҥаһын-сабын бу диэн өйдөөбөппүн. Биир кэм хап-хара көстөрө. Киһи аҕынньыта төллүөх, куп-куһаҕан сыттааҕа.

Ходьох гына тура түспүтүм курдук эмискэ, тугу эрэ ынырыктык кыламмытынан, эмээхсиним барбыт сирин диэки сүүрдүм. Ити икки ардыгар өйбүн сүтэрэн ылбыт быһыылааҕым: биирдэ өйдөммүтүм, кырдьаҕаһым эрэйдээҕи, ытыы-ытыы, ыга кууһан турар эбиппин. Эмээхсиним титирэстээбит куолаһынан: «Тукаам, эрдий. Куттаныма даа, куттаныма. Бэйэтин суолунан ааһыаҕа. Эн биһикки суолбут туспа, кини суола туспа. Ааттаһабын, көрдөһөбүн. Куттаныма, уоскуй», – дии-дии, миигин кууһан турара.

Киһи уолуйдаҕына, билигин аҕай куттаммытын көрүөн баҕарбатаҕын да иһин, бэйэтэ онтукатыттан хараҕа арахсыбат буолар. Эмээхсин миигин уоскута сатыы турар кэмигэр иккитэ-хаста көрө түспүтүм, абааһы сыыры өрө тахсан эрэрэ. Куттаммытым ааһан биэрбэтэҕэ. Хата, аргыһым миигин дьиэм чугаһыгар диэри атааран биэрэн абыраабыта.

Ити алаас биир кырдьаҕас олохтооҕо Томуоскай оҕонньор: «Эбэбэр төбөтө суох киһи баар», – диэн кэпсиир эбит этэ. Мин ону көрбүт эбит буоллаҕым, – диэн Балбаара кэпсээнин түмүктээбитэ.

Биһиги киниттэн: «Эн төбөтө суох «киһи» туһунан көрүөҥ иннинэ истибитиҥ дуо?» – диэн ыйыппыппыт. Онуоха: «Суох, кэлин истибитим», – диэн хоруйдаабыта.

Түгэх халдьаайытыгар төбөтө суох абааһыны көрбүттэр биирдиилээн-иккилээн да буоллар баар этилэр. Сэрии иннинэ Холкуостаах Лэгэнтэй эмиэ көрбүт үһү. Абааһыта уҥа илиитин быластаан ууммутугар, ол аннынан ааспыт үһү диэн кэпсээн баара. 1940 сыл сааһыгар Дьирээ Ньукулай уола Зотчик Брызгалов, аҕатын аахтан Бүтэйдээхтэн истэҕинэ, Халымаайы сыырын киириитигэр, ата туохтан эрэ сиргэнэн, муоһатыгар кыайтарбакка, сааскы килэркэй суолунан иннин хоту тэбинэн кэбиспит. Зотчик куттана санаабыт. Атын тохтото сатыырын быыһыгар, кэннин хайыһан көрбүтэ, киниттэн отучча (!) хаамыылаах сиргэ төбөтө суох киһи сырсан иһэр үһү. Сонно кини өйүн сүтэрбит. Арай Бүтэйдээххэ киирэн, Лөкүөрэ оҕонньордоох сэргэлэригэр анньыллан туралларыгар биирдэ өйдөммүт.

Зотчик итинтэн улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбит. Тыа сирин эмчиттэрэ кинини ыарыыта уустугун иһин куоракка атаарбыттара. Сотору өлөн тахсыбыта. Кини өлүгүн дьиэтигэр, Бырдьа өтөҕөр, аҕалыахтарын икки дуу, үс дуу хонук иннинэ Ыт Атах ойоҕо Кэтириис таһырдьаттан дьиэҕэ киирбитэ, уола үөттүрэҕи тута сылдьан муннугу кэйиэлии турар эбит. «Тоҕо муннугу хаһыстыҥ?» – диэн ыйыппытыгар уол: «Ити муннукка киһи ынчыктыыр», – диэбит. Ону кэлин «Зотчик өлөн тахсарын бэриэттээн этэ сырыттахтара» диэн быһаарбыттара.

ИЛЭ СИЭБИТ АБААҺЫ

Сүллүүкүн – уу иччитэ. Кини үйэтин тухары уу анныгар олорор. Онно, киһи курдук, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах, оҕолоох-уруулаах, оннооҕор киһи курдук харчылаах буолар үһү. Ону сүллүүкүттэр бөхпүт, бөхтөрүн харчы дииллэр үһү. Сэрии иннигэр биһиги дьоммутугар харчы диэн суоҕун тэҥэ этэ. «Сатаатар, биһиэхэ сүллүүкүн бөҕө наадалаах», – дэһэллэрэ. Өссө Уһун Маайа эмээхсин: «Сүллүүкүн тымныы оройдоон турдаҕына, нэдиэлэ кэриҥэ сир үрдүгэр тахсан, эргэ өтөхтөргө уот оттунан олоро түһэн ааһар кэмнээх. Дьэ биирдэ ойбонноругар төннөллөрүгэр биир киһини илдьэ киирбиттэр. Онно хас да хоммут. Сүллүүкүттэр киһини дойдутугар таһааралларыгар: «Харчыны ылаҕын дуу, бөҕү ылаҕын дуу? Тал», – диэбиттэр. Онуоха киһи кимтэн эрэ «сүллүүкүттэр харчылара сиргэ таҕыстаҕына, бөх буолар үһү», диэни истибит буолан бөхтөрүн ылбыт. Сүллүүкүттэр биир куул толору бөхтөрүн хаалаан биэрбиттэр. Дойдутугар кэлэн биир куулу толору харчыланан хаалбыт», – диэн кэпсээбитэ.

Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр бит-билгэ элбиир. Дьоннор сүллүүкүнү иһиллииллэр, бүлүүһэ сүүрдэллэр, остуол хаамтараллар, биһилэх көрөллөр, сэргэ төрдүгэр, ойбон тиэргэнигэр эдэр кыргыттар хаар сиидэлииллэр, таас тардаллар. Оччоҕо сүллүүкүн кэлэн эн инникигин, хайдах олоруохтааххын, кэлиэхтээх дьылҕаҕын этэн биэрэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, төлкөлөөһүнэ олоххо кииримтиэ буолар үһү.

Арай биирдэ үс эдэр эр бэрдэ бэйэлэрин инники дьылҕаларын билиэхтэрин баҕарбыттар. Кинилэр былыргы үйэтээҕитэ быраҕыллыбыт, иччилэрин бараабыт илэ сылдьар абааһылаах эргэ өтөххө сүллүүкүн иһиллии барбыттар. Ыйдаҥа түүн буолан балаҕан иһигэр борук-сорук сырдык киирэн, онон сирдэтэн, холумтан суол аанынааҕы чанчыгар олохторун булунан, ол-бу чөчүөккэ, өтөх абааһыта моһуоктаабатын диэн дьиэлэриттэн аҕалбыт хоруолаах үөттүрэҕинэн олоруохтаах сирдэрин эргиччи сурааһынныы тардыбыттар. Суорҕаннарын үһүөн бииргэ бүрүнэн баран, сүллүүкүн кэлэрин кэтэһэн иһиллиирдии олорбуттар.

Син балайда уһуннук олорбуттар. Тымныы баҕайы түүн, онуоха эбии тоҥ балаҕан уорааннаах. Уолаттар тоҥон дьагдьайа быһыытыйан олордохторуна, хотон диэки туох эрэ лүһүгүр гыммыт. Суор дуу, тураах дуу хааҕырҕаабыт. Уолаттар соһуйан ходьох гына түспүттэр, эттэрин сааһа аһылларга дылы гыммыт. Ол эрээри, сүллүүкүн истэҕэ диэн арыый уоскуйан, иһиллээн олорбуттар. Тыастара иккиһин тыаһаан баран, ах баран уурайан хаалбыт.

Уолаттартан биирдэстэрэ хаһыыра түһэн баран, бүрүнэн олорбут суорҕаннарын уҥа орон диэки элээрдибитинэн ойон турбут даҕаны таһырдьа диэки ыстаммыт. Атын уолаттар даҕаны киһилэриттэн соччо хаалсыбатахтар. Киһилэрин кэнниттэн таһырдьа диэки дьулуспуттар. Куотан истэхтэринэ, үһүс уоллара аан боруогуттан иҥнэн охтон түспүт: «Сиэхсит сиэтэ! Абырааҥ! Абырааҥ!» – диэн сүр хатаннык кылана хаалбыт. Икки уол табаарыстарын хаһыытыттан, өссө ордук тэбиэһирэн, кэннилэрин да диэки хайыспакка дьиэлэрин диэки ыстаммыттар. Олорор дьиэлэрин тэлгэһэтигэр кэлэн эрэ баран уоскуйбуттар. Өйдөөн көрбүттэрэ, табаарыстара суох эбит. Сотору кэлэр ини диэн кэтэһэн көрбүттэр да, уоллара кэлбэтэх. Турбахтыы түһэн баран, дьиэлэригэр киирбиттэр. «Халлаан дьоно эбиккит, – дьиэлээх оҕонньор уолаттары сэмэлии тоһуйбут. – Уолгутун хаалларыа суох этигит. Баччааҥҥа диэри кэлбэтэх буоллаҕына, дьыала мөлтөҕөр тахсар. Хайаан даҕаны моһуогуран кэлбэт». Уолаттар кутталларыттан санныларын эрэ ыгдаҥнаталлар.

Уоскуйан баран, кырдьаҕастарын илдьэ өтөхтөрүгэр барбыттар. Көрбүттэрэ, балаҕаннарын аана аһаҕас аҥайан турар эбит. Куттанан систэрин этэ кэдэриҥнии-кэдэриҥнии балаҕаҥҥа чугаһаабыттара, уоллара аан боруогун ситэ туораабакка эрэ, умса түһэн сытар эбит. Айаҕынан хаана барбыт. Охтоот да, тута өлбүт быһыылаах – мөхсүбүт быһыыта биллибэт. Хайыы-үйэҕэ муус кырыа буолан, адаарыччы тоҥмут киһилэрин сыарҕаларыгар тиэйэн дьиэлэригэр аҕалбыттар. Ириэрэн таҥаһын уларытаары сыгынньахтыы сылдьан көрбүттэрэ, көхсүн хараҕар улахан баҕайы, киһи ытыһын саҕа күөх баланах олорон хаалбыт. Ону көрөн оҕонньор олус аймаммыт: «Акаарылар, иччитин бараабыт өтөххө дугуйданаҥҥыт хаарыаннаах, соҕотох уолбун былдьаттаҕым», – диэн уйа-хайа суох ытаабыт. Чахчыта, уола сор суолламмытын сүрэҕинэн сэрэйэн баран, кыатана сатаабыт буолуохтаах. Оҕонньор эрэйдээх бүтүн киһини, буолаары буолан, соҕотох оҕотун сүтэрэн баран, тоҕо ытаабат буолуой? Бэрт өр ытаан, кудугун тоҕон баран: «Оҕом барахсан быстах оҥоһуулаах буолан былаҕайга былдьаннаҕа. Абааһы уолум көхсүн хараҕын дьөлү охсон кэбиспит. Эрэйдээҕим сыыһа, көхсүнэн хаана баран, тута бараахтаабыт».

Кэлин хас да сыл ааспытын кэннэ тыыннаах ордубут уолаттартан биирдэстэрэ: «Суорҕаны бүрүнэн олорон хотон иһиттэн наһаа улахан хара бэкир биһиги диэки кэлэн иһэрин хараҕым кырыытынан көрбүтүм да, кылана түһээт, таһырдьа буутум быстарынан ыстаммытым. Наһаа куттаммытым, куйахам күүрбүтэ, этим тымныйа түспүтэ, бастаан ханна да баарбын билбэт курдугум. Өтөх саҕатыгар тиийэн, тыын ылаары тохтуу түспүтүм. Ол турдахпына, Муҥутаан (уолаттартан биирдэстэрэ) хараҕын тиэрэ көрөн кэбиспит, аттыбынан сирилээн ааспыта. Мин кэнники буолан хааларбыттан наһаа куттаммытым да, эбии инним хоту тэбинэн кэбиспитим. Кэннибиттэн ким эрэ атаҕын тыаһа иһиллэргэ дылы этэ. Санаабар, абааһы субу аҕай ситэн кэлэн харбаан ылыах курдуга», – диэн кэпсээбитэ үһү.

УУ КУРДУК «ДЬОН»

Илин толооҥҥо бурдук быһа сылдьан, отуубутугар киэһэ чэйбитин иһээрибит, кутаа оттунан баран, наҕылыччы соҕус аһыы олорбуппут. Бөөдөҥкө уонна Чээмпэрэ диэн оҕонньоттор уруккуттан кэпсиир абааһыларын кэпсээбиттэрэ.

– Доҕоттоор, мин дьикти «дьону» көрөн турардаахпын, – Буочча Миитэрэй куруускатынан хочуолтан чэй баһа туран. – Олох туу курдук быһыылаах «дьон». Ыраас кырдьыкпын этэбин. Улахан сайылык ортотунан, суол устун хаамсан налылдьыйан иһэр сурахтаахтара.

– Миитэрэй, ол Арамаан көрбүтүн туһунан истибиппит. Хата, бэйэҥ көрбүтүҥ туһунан сиһилии соҕус кэпсээ эрэ, – дэсиһии буолла.

– Сэрии бүттэҕин утаа этэ. – Буочча улаханнык ааттаһыннара барбата, чэйин иһэн сыбырҕата-сыбырҕата кэпсээн барда. – Мин ол баҕайылары Уулуссаҥ уонна Өтөх алаас икки ардыларыгар көрбүтүм. Оччолорго биһиги дьиэ кэргэн кынным аах Томуоскай оҕонньордоох өтөхтөрүгэр Уулуссаҥҥа олорор этибит. Олорор дьиэбиттэн баара эрэ икки-үс сүүс миэтэрэлээх сиргэ көрбүтүм. Ол иһин дьонум куттана сылдьыахтара диэн оччоҕо кэпсээбэккэ хаалбытым.

– Оттон, бүгүн кэпсээ, бачча быктаран баран, кэпсээтэххинэ сатанар, – диэн Буоччаны үүйэ-хаайа тутуу буолла.

– Саас кулун тутар ый саҕана этэ. Күн уһаан, бэрт сырдыктык, чэмэлкэйдик тыгар буолан турар. Тыала-кууһа суох, уу чуумпу ыраас күн. Мин Үөт Туруорбут үрдүгэр Дибдир Мэхээстээҕинэн, Эйэҥкэстээҕинэн, киэһэрбэтэҕинэ Убаарыскай Баһылайдааҕынан сылдьан, күүлэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн, ону-маны сэһэргэһэн кэлээри, ыалларбар сатыы күүлэйдии барбытым.

Арай өтөҕүм таһынааҕы иэйэни ааһан, Өтөх алаас халдьаайыта эҥэлдьийэн көстөн эрдэҕинэ, иннибэр мастары быыһынан туу курдук быһыылаах үс дьону көрө биэрдим. Бастаан улаханнарын Микиитин Сүөдэр налылдьыйан иһэр дуу дии санаатым. Оҕолоро кимнээх буоллахтарай диэн мунаара саныы-саныы инним хоту хааман иһэн, өйдөөн көрбүтүм: букатын даҕаны, киһи буолбатах, атын күтүрдэр иһэллэр эбит. Үһүөн эмдэй-сэмдэй соҕус уҥуохтаахтар, соччо үрдүктэрэ суохтар. Улаханнара ол Сүөдэр Микиитин саҕа, атыттара киниттэн эрэ мэнэгэйдэр. Үөһээ өттүлэрэ үүт-үкчү туу курдук суптугур, аллараа өттүлэрэ сонос, сиринэн сыһыллан, дарайан иһэллэр.

Бастаан соччо уолуйбатаҕым. Утары хааман испитим. Онтон туос курдук кубаҕай сирэйдэрин көрө түһээт, эмискэ олус улаханнык куттаммытым. Этим бүтүннүүтэ титирэстииргэ дылы буола түстэ, уҥуохтарым салҕалас буолан хааллылар, хааным чанчыктарбар тиийэ тыбыс-тымныытык өрө сүүрэн дьырылаан таҕыста. Куйахам күүрдэ, сиһим кэдэрэҥнээтэ. Төннүөхпүн сатаммат. Абааһылар куоттаххына, бэйэҕин эккирэтэллэр диэн этэллэрин өйдүүбүн.

Дьиэм олус чугас этэ. Куоттахпына, дьиэбэр киириэхтэрэ, дьонум көрөн куттаныахтара диэн санаалаахпын.

Абааһыларбар уун-утары бардым. Дьулайбытым сүр. Ону хайыам баарай? Тыыннаахтыы сииллэр үһүө. Оннооҕор сэрии уотугар киирэн тахсаллар. Утары бардахпына, абааһы бэйэтэ сүтэн хаалыахтаах эбэтэр атын сиринэн туораан биэриэхтээх. Инним диэки аны сүүрбэччэ хаамыыны барарым буоллар! Биэ Тириитэ алааһы куулатынан Суолаҕа киирэр суол араара. Ол арахсыыга диэри абааһылар иннилэригэр түһэн хаалбыт киһи. Сирэйбин умса туттан баран, инним хоту баран иһэргэ сананным.

Киһи куттаннаҕына, атаҕа кыайан хаампат буолан, кыаһыланан хаалар курдук буолар эбит этэ. Дуоннаах сири хоруппаппын. Биир кэм тэпсэҥнии турар курдукпун дии саныыбын да, онтукам олох кыаллыбат. Субу кэлэн эмискэ үрдүбэр саба түһүөхтэрэ дии саныыбын да, кинилэр диэки хайыспыппын билбэккэ хаалабын. Сүллүүкүнү хараҕын үрдүгэр хааһа суохтар диэн кэпсииллэрэ, бу «дьонум» эмиэ хаастара букатын суох, ол эрээри син киһи курдук сирэйдээххэ дылылар. Ону сирийэн да көрбөтөҕүм, наар харахпын умса тута сатыырым.

Суол арахсыытыгар мин урут тиийдим. Санаабар, кириэстэнэргэ дылы гынным, арахсыы суолунан сүүрэн тэбинэн кэбистим. Атахтарым босхо барбыт курдуктара. Тыахан оҕонньор өтөҕөр биирдэ баар буолан хаалбыппын бэйэм даҕаны өйдөөбөппүн.

– Абааһыларыҥ эйигин эккирэппэтилэр дуо?

– Суох. Сатаналар хайа диэки барбыттара буолла. Суолтан арахсан иһэммин хараҕым кырыытынан көрбүтүм: миигиттэн баара-суоҕа уонча хаамыылаах сиринэн суол устун иһэллэрэ. Дьоҥҥо куттаммыппын биллэримээри, ыалга сылдьыбакка, тэлгэһэлэрин ортотунан киирэн, түгэҕинэн эргийэн, ыалларбар барбытым.

– Оттон Арамаан хайдах көрбүтэй?

– Кини бэрт ыраахтан көрбүт этэ. Сайылык ортотунан Нуучча тумулугар истэхтэринэ көрөн, улаханнык куттаммыт этэ. Уодай Сэмэн да ол дьону көрбүт буолуохтаах. Онтукаҥ кыһыл бассабыык ээ, абааһыны көрдүм диэн кэпсиэ дуо? Туох сатаналара сылдьыбыттара буолла? Дьиктиргиэхпит иһин, кинилэри бары биир күн көрбүт этибит. Кэлин ким да көрбүтэ биллибэт. Быһыыта, ханна эрэ баран иһэн таарыйбыт «дьон» буоллахтара, – диэн Буочча Миитэрэй кэпсээнин бүтэрбитэ.

Биһиги бары даҕаны дьиктиргээбиппит. Балайда, саҥата суох олорон, чэйбитин иһэн сыбырҕата олорбуппут. Тулабытыгар хараҥаран, халлааҥҥа бачымах курдук сулустар хойдон барбыттара. Киэһээҥҥи чуумпуга биһиги саҥабыт, чугастааҕы ойуун уҥуохтаах бырааҥҥа эҥсиллэн субу баардыы дуораһыйара. Эмиэ абааһы туһунан кэпсэттэххэ буоларын курдук, кэннибитин да хайыһыахпытын дьулайа олорбуппут.

ҮС ҮРҮЙЭ ТӨРДҮГЭР

Сааһыары кыһын. Хайалар быыстарынан хайа солоон түһэр үрэҕи өксөйөн, Уодай Уйбаан атыыһыт наадатынан сыарҕа атынан айаннаан испит. Күн киэһэрбит. Онуоха эбии, былыттаах буолан, хайалар быыстара лүҥкүрэн, хараҥаран барбыт…

Уодай Уйбаан ата тэтимнээх соҕус. Баччааҥҥа диэри аттыын, бэйэлиин бэркэ айаннаан кэллилэр. Ый быыһа этэ. Сотору хараҥаран, айанньыт киһи хонук сирин булан, сынньанарыгар сөп буолла. Уодай даҕаны, өр айаннаабата… Сотору үс үрүйэ түмсэр төрдүгэр, сэдэх мастаах тумус тыа саҕатыгар балаҕан дьиэ уота сандааран көстүбүтэ.

Уодай айан киһитин быһыытынан сотору кэминэн көмүлүөк оһох сылааһыгар бигэнэн сынньанар санаатыттан сылаанньыйан үөрэ санаабыт. Онуоха былыргы көмүлүөк оһох уота муус түннүгү курдат сандаара сырдаан, турбатыттан сотору-сотору кыымнар кытыастан, айанньыт киһини сылааска, сынньалаҥҥа ыҥырар курдуктар. Уодай дьиэ таһыгар атын сэргэҕэ баайан, күрүмэ этэрбэһин тэбэнэн, сирэйин-хараҕын тарбахтарынан имэринэ соттунан баран, иһирдьэ көтөн түспүт.

Дьиэ иһэ сып-сырдык, үс эдэр дьахтар олорор эбит. Таһыттан саҥа киирбит киһини үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Барыта, сиэр-майгы быһыытынан эҕэрдэлэһии, сонуну үллэстии буолбут. Ол кэннэ дьахталлар киэһээҥҥи аһылыктарын бэлэмниир түбүккэ түспүтүнэн барбыттар. Уодай Уйбаан таһырдьаттан өйүөтүн киллэрэн: икки кырбас эти күөстэригэр укпут, лэппиэскэтин сылыппыт. Ону дьахталлар туора көрбөтөхтөр, өһүргэнэ санаабатахтар. Сотору киэһэ аһылык буолан, остуолга олорон аһаабыттар. Ол түүн олус үчүгэйдик утуйан, түүлү даҕаны көрбөккө, бэркэ сынньанан турбут. Сарсыарда күн тахсыыта, оронуттан туруутугар дьахталлар чэйдэрэ бэлэм. Уодай Уйбаан суунан-тараанан, наҕылыччы соҕус аһаан баран, айаныгар турбут.

Дьиэттэн тахсаары туран Уодай: «Дьиэҕитигэр тоҕо биир да эр киһитэ суох ыалгытый?» – диэн ыйыппыт. Онуоха саамай улаханнара: «Биһиги сүнньүнэн булдунан аһаан-сиэн олоробут. Дьоммут бултуу барбыттара да, кэлэ иликтэр. Бу күннэргэ хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэр этэ да, өрүү биллибэттэр. Хаһан кэлэллэрэ буолла?» – диэн кэпсээбит. Ону истэн Уодай: «Сотору кэлиэхтэрэ. Туохха эмэ тардыллан хойутаатахтара. Арааһа, бултарыгар үлүһүйэн сырыттахтара», – диэн дьахталлары уоскутардыы саҥарбыт. Ол кэннэ: «Төннөн иһэн хайаан даҕаны, эһиэхэ сылдьан, хонон ааһыам», – диэн барбыт.

Уодай Уйбаан күнү быһа, били үрэҕин өксөйөн айаннаан испит. Ол иһэн: «Барахсаттар, эдэркээн, үчүгэй да дьахталлар. Ордук ортоку кыыс. Киһи эрэ умсугуйуох, таптыах барахсана», – диэн сүрэҕэ сылаанньыйан, дойдутугар хаалларбыт күндү доҕорун Сүөкүччэни санаан, онтукатын баҕа санаатын кыната оҥостон айаннаабыт.

Эмиэ киэһэ лүҥкүрэн тиийэн кэлбит. Сотору иннигэр балаҕан дьиэ оһоҕун кыыма кытыастыбыт. Соһуйуон иһин, бэҕэһээҥҥи кэмигэр, бэҕэһээҥҥи дьиэтин таһыгар турар эбит. «Муммут эбит буоллаҕым», – дии санаабыт, ол кэннэ дьахталларыттан олус кыбыстыбыт. «Дьахталлар сирэйдэрин хайдах таба көрөбүн. Дьокуускай бэрдэ буолан баран, суолу-ииһи билбэтэ тоҕо сүрэй? Туох хараҥа соруктаах буолан, төннөн кэллэҕэй? Эҥин арааһы саныахтарын сөп», – диэн иһигэр эргитэ санаабыт да, тэҥнэһэр кыах суох. Дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьахталлар үүт-үкчү бэҕэһээҥҥилэрин курдук, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн түбүгүрэ сылдьаллар эбит.

– Хайа, доҕоор, төннөн кэллиҥ дуу? Хайдах суолгун булбатыҥ? – Дьахталлартан биирдэстэрэ ыйыппыт.

– Ээ, аат көлөтө баара, туохтан эрэ сиргэнэн, эмискэ ыарҕаҕа тахсан сыарҕам сээбэһин быатын быһан кэбиһэн, күнү быһа ону оҥосто олорон, хойутаан хааллым, тиийиэхтээх сирбэр бүгүн тиийиэ суох буолан, субу төннөн кэллим. Холдьохпот инигит.

– Буолар баҕайыта. Холдьохпоппут. Биһиэхэ хас да хон. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри доҕор киһи наада.

Ити курдук, эмиэ күө-дьаа кэпсэтэн, туох даҕаны сибикини билбэккэ, олус үчүгэйдик хонон турбут. Сарсыарда бэҕэһээҥҥи кэмигэр эмиэ айаҥҥа турбут. Бүгүн халлаан сигилитэ уларыйбыт. Били бэҕэһээ ичигэс баҕайы, былыттаах күн, тыалыран тоһуйбут. Сарсыарда эрдэ хаар түспүтэ, күн ортотун диэки тыала күүһүрэн, дьиҥнээх буурҕа түспүт. Суолу-ииһи бүрүйэн, тибэн кэбиспит.

Уодай күнү быһа тыалы кытары күрсэн, тибиилээх суолунан атын батыччахтатан айаннаабыт. Киэһэтигэр эмиэ били бэҕэһээҥҥи балаҕаныгар тиийэн кэлбит. Балаҕана уота-күөһэ кытыастан, эмиэ айан киһитин бэйэтигэр ыҥыра-угуйа турар.

Уодай атын баайа туран: «Суол киһитэ сылайдым. Бу киэһэ дьахталлары кытары арыгы истэххэ сатаныыһы. Сылааны таһаардахха, ол кэннэ уот иччитин кытта аһаттахха табыллыыһы», – диэн ат дьааһыгыттан испиир куттан киирбит. Дьиэҕэ дьахталлар эмиэ уруккуларын курдук түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Бу сырыыга киһини: «Тоҕо төнүннүҥ?«– диэн ыйыппатахтарын үрдүнэн: «Абааһы күнэ буолла. Суолу-ииһи бүтүннүүтүн тибэн кэбистэ. Бара сатаан баран, эмиэ төннөн кэллим», – диэбит. Онуоха дьахталлар: «Дьылҕаҕыттан ханна барыаҥый? Биһиэхэ үчүгэй. Кэм эр киһи доҕордоох хонуохпут», – дэспиттэр.

Киэһээ аһылыкка Уодай испиирин уулаан, аал уотун аһатан, дьахталларын кытары арыгы иһэн, эмиэ уруккутун курдук олус иһирэхтик кэпсэтэн баран, утуйаары сыппыт. Сотору уот умуллан, балаҕан иһигэр бороҥотуйа хараҥаран эрдэҕинэ, минньигэс уу кынатыгар баһыйтаран утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, балаҕан көмүлүөк оһоҕун иһиттэн хаар маҥан баттахтаах, кыырыктыйбыт, тэрэччи тэбэ сылдьар үп-үрүҥ бытыктаах, уоттааҕынан, чолбон курдук чоҥолуччу көрө сылдьар харахтаах ытык кырдьаҕас тахсан кэлбит. Киһи: «Тукаам, тур. Мантан бэрт түргэнник бара оҕус. Дьахталлар утуйа сыталлар, кинилэри уһугуннарыма. Тыаһа-ууһа суох таҥнан, таһаҕаскын хомунан тахсан, аккын көлүйэ охсон, суолгун салҕаа!» – диэбит. Уодай: «Эһээ, ол тоҕо барабын?» – диэн өссө даҕаны утуйар уу кынатыгар оҕустара сылдьан ыйыппыт. «Ыйытыма. Дэриэтинньиктэр эйиигин халлаан сырдыан иннинэ сиэхтэрэ. Тура оҕус. Олох тыаһаама-ууһаама. Сэрэн!», – диэбит да, оҕонньор сүтэн хаалбыт.

Уодай уһукта биэрбит. Сүрэҕэ биллиргэччи тэппит, көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбыт. Дьиэ иһэ чуумпу. Дьахталлар туох да буолбатаҕын курдук утуйа сыталлар, муруннарын тыаһа биир тэҥник иһиллэр. Киһи: «Ама дэриэтинньиктэр буолуо дуо? Олус үчүгэйдэрэ, көрсүөлэрэ бэрт ээ», – диэн иһигэр мунаара сыппыт. Ол кэннэ бэҕэһээ уонна иллэрээ күн суолун булбакка, мунан, наар бу балаҕаҥҥа төннөн кэлэ турбутуттан, билигин эрэ: «Кырдьык, манна туох эрэ баар, дьахталлар аптаах быһыылаахтар. Уот иччитэ чахчы миигин сэрэттэ быһыылаах», – дии санаабытынан оронуттан турбут. Бэркэ сэрэнэн, тыаһа-ууһа суох оронун хомуйан, малын-салын илдьэ тахсан барбыт.

Халлаан былыттара аһыллыбытынан сулустар көстөллөр, онон сылыктаатахха, түүн үөһэ өссө даҕаны буола илик. Атын сыарҕатыгар көлүйбүт. Сэргэ төрдүгэр атыгар биэрбит эбиэһин тобоҕун атаҕынан тэбиэлээн, ыһан кэбиспит. Ити кэннэ барыахтаах сирин диэки салайан кэбиспит. Ата түүн үөһэ айанныылларыттан салгыбакка, төттөрүтүн үөрбүт курдук, кулгаахтарын чөрөтөн, сиэллэрин силэйэн, биир тэҥник айаннаан сирилэтэн барбыт.

Өтөх саҕатыгар тахсыытыгар балаҕан диэкиттэн: «Оо, абаккабыт даа баар эбит ээ! Эрдэ тутуу былдьаспаккабыт. Куоттардахпытын!», «Ситэри оҥоһуулаах уол оҕо эбиккин! Сиэттэрбэккэ куоттаҕыҥ», – диэн дьахталлар хаһыылара иһиллибит. Уодай куттаммыта өссө улааппыт, атын бокуойа суох кымньыылаабыт.

Нөҥүө күнүгэр сарсыарда күн тахсыыта ыалга тиийэн үс үрүйэ төрдүгэр түбэспит быһылаанын туһунан сиһилии кэпсээбит. Онуоха, дьиэлээх киһи Уодай кэпсээнин болҕойон олорон истэн баран:

– Ол хотуттар эмиэ эр киһини бултаһан эрдэхтэрэ, – диэн баран, аал уотун диэки көрөн кэбиспит.

– Ити туох дьахталларый? Тоҕо эр киһини «бултаһалларый?» – диэн Уодай чуолкайдаһаары ыйыталаспыт.

– Ити дэриэтинньик дьахталлар, олорбуттара сүүрбэччэ сыл буолла.

– Хайдах? Ити курдук уот оттунан, ас аһаан…

– Кинилэр уот оттуохтара дуо? Эн хараххын баайаллар. Ити эн хоммут дьахталларын өтөр буолабуола, баччаларга дьиэлэригэр олоро түһэ-түһэ сүтэллэр. Эн дьиҥэ, былыр үйэҕэ быраҕыллыбыт, дьон олорботох, тоҥ хаһаа дьиэҕэ хоно сырыттаҕын.

– Мин тоҕо тоҥон хаалбатым? Ол кэннэ онно уот-күөс мааны этэ дии. Олус сылаастык, үчүгэйдик сынньанан турбутум.

– Эйиигин дэриэтинньиктэр абылаатахтара дии.

– Ити дьахталлар хайдах дэриэтинньик буолбуттарай? Кэпсээбэккин ээ, – Уодай дьиэлээх киһиттэн көрдөспүт.

– Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, биһиги бу дойдуга олохсуйуохпут иннинэ, ити дьиэҕэ икки ыал, ол тэҥэ биир эр киһи балта дьахтар буолан бары дьукаахтаһан олорбуттар. Наар булдунан айахтарын ииттэн, аҕыйах сүөһү сыыстанан, син бэркэ олорбуттар. Куһаҕаннара диэн икки ыал тухары оҕоломмотохтор. Эр дьон бултаан, аһы-үөлү булаллара, оттон дьахталлар сүөһүлэрин көрөллөр. Арай ол олороннор, биирдэ эр дьон бултуу тахсан баран, дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Бадаҕа, ханнык эрэ быһылааҥҥа түбэспит быһыылаахтар. Дьахталлар ус сааһы быһа кэтэһэ сатаан баран, биир күн үһүөн ыйанан өлөн хаалбыттар. Ону чугаһынан ыал-көс суох сирэ, онуоха эбии уу-хаар хаайан, сылдьыһыы даҕаны суоҕа эбитэ буолуо, дьахталлар өлүктэрин, ууллан тохтубутун, үөн-күрдьэҕэ ыспытын, киһи чугаһаабат буолбутун эрэ кэннэ булбуттар. Онон, дьахталлар уҥуохтара хараллыбакка хаалбыт.

Чугастааҕы ыал (чугаһа да диэн үс көс иһинэн) ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумна хаамар сирдэрэ буолбут.

ДЬАХТАР ОТ МУСПУТА

Мин тус бэйэм, баччаҕа этэҥҥэ сылдьыахха, абааһыны көрбөтөҕүм. Дьиҥэр баран эттэххэ, көрүөхпүн даҕаны баҕарбаппын. Ол да буоллар, билигин даҕаны эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө, киһи уҥуохтаах сирдэргэ соҕотоҕун сылдьыахпын куттана, дьаархана саныыбын.

Сэрии саҕана этэ. Дибдир Мэхээс холкуоска биригэдьииринэн үлэлиирэ. Мин киниэхэ көмөлөһөрүм. Отчуттары кэрийэ сылдьан ким төһөнү үлэлээбитин таабыллыыбын. Сир мээрэйдиибин, бугулларын холоон көрөбүн, кэбиһиллибит оту тутабын. Холкуоспут бухгалтера Георгий Романов: «Дьон үлэтин туох баарынан, үлүннэрбэккэ да, көҕүрэппэккэ да чиэһинэйдик тут. Үлүннэрдэххинэ бэйэҕиттэн тутуохпут», – диэн бэрт кытаанахтык эппитэ.

От ыйын бүтүүтүн саҕанааҕы кураан күннэр. Күн наһаа чаҕылыччы тыган, чэмэлийэн аҕай турар. Тыала-кууһа суох буолан, дьөрү сэбирдэх да хамсаабат. Күнүскү чэй саҕана Кустаах диэн алааска от мунньааччы дьахталларга бэҕэһээҥҥи үлэлэрин таабыллаары кэлбитим. Дьахталлар отторугар киирбэккэлэр, куулаҕа мастар күлүктэригэр саҥата суох сукуһан олороллоругар түбэстим.

– Хайа, доҕоттоор, оккутугар тоҕо киирбэккэ олороҕут? Бу үлүгэр курааҥҥа туттуммахтаан хаалыаххытын? – «тойон» киһи быһыытынан, дьорҕойо соҕус саҥардым.

Ким даҕаны саҥарбат. Бары алаас диэки көрөллөр. Онтон, балайда өр буолан баран, Чээмпээрэ Охонооһой ойоҕо Уһун буут Ылдьаана диэн сааһыран эрэр дьахтар:

– Тукаам, табыллыбакка олоробут, – диэтэ.

– Ол хайдах? – мин соһуйа иһиттим.

– Абааһыны көрдүбүт.

– Абааһы от муста.

– Маҥан ырбаахылаах дьахтар… – кыргыттар утуу-субуу кэпсээн бардылар.

– Бэйи, оҕолор, аргыый ньамалаһыҥ, – Ылдьаана буойталаан кэбистэ. – Аһаан бүтэн баран, үлэбитигэр киирээри аҕай олордохпутуна, Сыырдаахтан киирэр, билигин эн кэлбит суолгунан, маҥан ырбаахылаах, сытыы курбачыйбыт дьахтар тиийэн кэллэ уонна биһиги диэки хайыһан даҕаны көрбөккө, соруктаах курдук ол халдьаайы анныгар киирэн тохтоото. Ол кэнниттэн, кыратык сынньана түһэн баран, от мунньан элээриҥнэппитинэн барда. Көрдөхпүтүнэ, дьахтар дьахтар курдук, туттара-хаптара түргэнэ сүрдээх.

«Мандаас ойоҕуттан атын. Ол эрэйдээх ыарытыйар, от мунньар кыаҕа суох. Оппуруос эмээхсин дуу? Суох. Атын. Айгыр эмээхсинэ Натаалдьыйа дуу? Тоҕо эрэ хамсанара сытыы. Быһата, биһиги билбэт дьахтарбыт», – дэсиһэн мунааран турбахтаатыбыт. Ити икки ардыгар дьахтарбыт от мунньан курбанньыктаммытынан барбыта.